31 №- дээх оскуола дириэктэрэ Алина Бубякина Дьокуускай куорат педагогтарын кытта көрсүһүүгэ оскуола учуотугар баар оҕо лааҕырдарын материальнай- техническэй базатын саҥардыы боппуруоһун туруорда.
«Оҕо сынньалаҥа биир саамай суолталаах боппуруос, ордук пандемия кэнниттэн. Биһиги оскуолабыт бас билиитигэр биэс куорат стационарнай лааҕыра баар. Ол эрээри, биһиги лааҕырдарбытыгар 60- с, 70- с уонна 90- с сыллардааҕы тутуулар тураллар, онон усулуобуйа аныгы ирдэбилгэ эппиэттээбэт»,-диэн Бубякина тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Кини лааҕырдары сотору кэминэн саҥардаллар диэн эрэлин биллэрдэ.