30 сыл тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбиттэр биэнсийэлэригэр эбии төлөбүргэ бырааптаахтар

Биэнсийэ страховой чааһыгар 25%-наах үрдэтиллибит төлөбүрү тыа хаһаайыстыбатыгар 30 сылтан кырата суох ыстаастаах тыа сиригэр олорор үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр ылар бырааптаахтар. Ол туһунан #объясняемрф суруйда.

2022 сылтан, биэнсийэлээх куоракка көһөр эбэтэр олорор сирэ куорат территориятын статуһун ылар да түгэнигэр, киниэхэ эрдэ көрүллүбүт үрдэтиллибит төлөбүр син-биир оннунан хаалар.

Үрдэтиллибит биэнсийэни ылааччылар испииһэктэригэр 500 идэ киирэр. РСФСР территориятыгар 1992 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри холкуоска үлэлэр — массыына-тыраахтар ыстаансыйаларыгар, холкуостар истэринэн тэрилтэлэргэ, сопхуостарга, бааһынай хаһаайыстыбаларга, тыа хаһаайыстыбатын артыалларыгар — «тыа сирин» ыстааһыгар, идэтиттэн, үөрэҕиттэн, дуоһунаһыттан тутулуга суох, киллэриллэллэр.

This post was published on 09.05.2022 09:01 09:01