Кулун тутар ый саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэтээҕи 2- с №-дээх балыыһа травмпуунугар 3287 киһи суһал көмөҕө наадыйан кэлэ сырытта, диэн медицинскэй тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Уулуссаҕа эчэйиини ылбыт 1696 киһи кэлэ сырытта, онтон аралдьытар миэстэттэн 208 киһи, ДТП кэнниттэн 24 киһи.
Статистика көрдөрөрүнэн, уулууссаҕа эчэйиини ылыы ахсаана саас аайы икки-үс төгүл элбиир. Суол мууһуран, халтархай турар кэмигэр травмотолог-быраастарга ордук үлэлээх күннэр буолаллар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2- с №-дээх балыыһа травматология уонна ортопедия отделениета (травмпункт) суһал медицинскэй көмөнү эчэйиилээх дьоҥҥо төгүрүк суукканы быһа оҥорор. Амбулаторнай уонна профилактическай көмөнү ыытар.
Травматолог быраастар ыксаабакка айанныырга, суолга сэрэхтээх буоларга сүбэлииллэр. Атах таҥаһын улахан болҕомто ууруллуохтаах: табыгастаах уонна эрэһиинэ уллуҥахтаах буолара ордук. Ол гынан баран, эчэйии тахсыбыт буоллаҕына, суһал медицинскэй көмө оҥоһуллар пуунугар тута бэлиэтиэххэ наада.