Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн эҕэрдэлиир.
Олунньу 23 күнэ – норуоппутугар ордук суолталаах уонна ытыктанар бырааһынньык. Судаарыстыбабыт дириҥ историята Аҕа дойдуларын көмүскээбит үгүс көлүөнэ үтүө ааттаах полководецтарын, саллааттарын ааттарынан, бүтүн норуот көрдөрбүт хорсун быһыытынан албан аатырбыта. Биһиги сүрүн сорукпут – аҕа көлүөнэбит уһансыбыт Улуу кыайыытын историята билиҥҥи ыччаты патриотизм тыыныгар иитиигэ, норуоттар тулхадыйбат доҕордоһууларын сомоҕолооһуҥҥа бастыҥтан бастыҥ холобур буоларын ситиһиэх тустаахпыт.
Россия көмүскэнэр кыаҕын бөҕөргөтүү – Ийэ сирбит бигэ туруктаах сайдыытын, дьон-сэргэ эйэлээх олоҕун төрүөтэ буолар. Бүгүн тыһыынчанан ахсааннаах эр хоһуун, ол иһигэр Саха сирин олохтоохторо, төрөөбүт дойдуларыгар ытык иэстэрин толорон, байыаннай сулууспаны чиэстээхтик бараллар. Хас биирдиибит Россия чэчирии сайдарын, бөҕөргүүрүн туһугар бэйэтин кылаатын дьоһун ситиһиитинэн, таһаарыылаах үлэтинэн киллэриэхтээх.
Бу кэрэ-бэлиэ бырааһынньык биһиэхэ барыбытыгар, хас да көлүөнэ дьоҥҥо Судаарыстыбабыт улуутун уонна күүһүн-уоҕун көрдөрөр. Ийэ дойдуга тапталы уонна бэриниилээх буолууну, эр киһи бэйэтин дьиэ кэргэнин харыстыыр уонна араҥаччылыыр аналлааҕын туоһулуур.
Саха сирин Ил Түмэнин аатыттан Аҕа дойдуну көмүскээччилэргэ кытаанах доруобуйаны, иллээх-эйэлээх олоҕу баҕарар.