25 спортсмен Өймөкөөҥҥө экстремальнай марафоҥҥа турунарга бэлэм

Тохсунньу 5 күнүгэр 42 км 195 м ыраахха «Полюс Холода» экстремальнай марафон стартыа. Бүгүҥҥү күҥҥэ кыттар баҕалаахтарын 25 киһи биллэрдэ. Сайаапкалары ахсынньы 25 күнүгэр диэри туталлар.


42 км 195 м уһуннаах «Полюс Холода» марафон кыттыылаахтара тохсунньу 5 күнүгэр Өймөкөөнтөн Томторго диэри барыахтара. Биэс чаас бэриллэр. Старт 11.00 чааска.

Спортсменнар саастарынан, эр дьон, дьахталлар диэн арахсаллар: 18-39 саастаахтар, 40-49, 50-59, 60-69, 70 уонна онтон аҕа. Сүүрүүгэ профессионаллар уонна сөбүлээн дьарыктанааччылар 5, 10 уонна 20 км киирсэллэр.

Трасса устатын тухары 10 км буола-буола сылаас астаах, чэйдээх балааккалар туруоруллуохтара, массыыналар батыһыахтара.

Сайаапкалары ахсынньы 25 күнүгэр киэһэ 18.00 чааска диэри 8962-694-67-04 төлөпүөнүнэн биэрэҕит.

This post was published on 24.12.2019 12:05 12:05