Саха сиригэр сүөһүнү сайылыкка көһөрүү дьаһала бара турар. Сайыҥҥы пиэрмэлэргэ барыта 42 158 сүөһүнү таһаарар былааннаахтар. Бу 24 улууска, диэн иһитиннэрдэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата.
24 улууска 42 158 сүөһүнү сайылыкка таһаарыахтара, бу уопсай сүөһү ахсаанын 19,33 % ылар, ол иһигэр ыанар ынаҕа — 19 036 (25,3 % уопсай ахсаантан).
Өрөспүүбүлүкэҕэ 355 сайыҥҥы пиэрмэ баар, ол иһигэр 339 сайылык үүт ыамыгар, 16 сүөһүнү уотууга хайысхалаахтар. Манна 1813 үлэһит баар, ол иһигэр 782 ыанньыксыт, 154 үүтү тутааччы, 201 техник-осеменатор, 267 ньирэй көрөөччү уонна 409 бостуук.
Механизациялаах сайылык, үүт ыыр аппарааттаах, ахсаана — 255, о.и. 195 тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга. 260 сайылык электроуокка холбонон олорор, дизелинэн 45 сайыҥҥы пиэрмэ, күн батареятынан — 6, моно-генератордаах — 6, итиэннэ 23 сайылык уота суох үлэлиир.
Сайылыкка тахсыы кэмигэр 40-50 тыһ. туонна үрдүк хаачыстыбалаах үүт туттарыллар, бу 23-25% сыллааҕы эргииртэн.
This post was published on 24.05.2021 14:02 14:02