26 Атырдьах ыйа 26.08
  • 25°
  • $ 80,68
  • 94,46

23 ойуур баһаара Саха сиригэр баар

16:51, 26 августа
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр атырдьах ыйын 26 күнүгэр сарсыарда 23 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Ааспыт сууккаҕа 992 га иэннээх сэттэ уот умуруорулунна, 29 га иэннээх түөрт сиргэ бохсулунна. Бу туһунан регион экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

9,4 тыһыынча гектартан үөһэ иэннээх ойуур баһаара Дьааҥы, Горнай, Эдьигээн, Ленскэй, Мииринэй, Өлүөхүмэ, Өлөөн, Орто Халыма, Таатта, Томпо уонна Чурапчы оройуоннарын территорияларыгар баар.

Баһаары умуруорууга 427 киһи кыттар, 21 техника туттуллар. Авиапатруллааһыҥҥа 20 борт, умуруорууга биэс борт былааннанар. Умулуннарыы түргэнэ 62% тэҥнэһэр.

Өлүөхүмэ, Чурапчы, Эбээн Бытантай оройуоннарыгар уонна Жатайга территориальнай анал баһаартан сэрэтэр эрэһиимнэр үлэлииллэр, оттон Мииринэй оройуонугар ЧС эрэһиимэ биллэриллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА