«Регион баһылыгын 2023 сыллааҕы үлэ туһунан отчуотун иһиттибит. Айсен Николаев баһылыктаах өрөспүүбүлүкэ хас да инникилээх хайысханы көҕүлүүр уонна онно толору бэриниилээхтик үлэлиир, бу регион сайдыытын хааччыйар — креативнай индустрияттан саҕалаан тыа хаһаайыстыбатыгар тиийэ.
Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайынарар территориялары тэрийиини көҕүлээһиҥҥэ болҕомтону хатыахпын баҕарабын. 2030 сылга маннык 15 территория тэриллиэҕэ, агропромышленнай муниципальнай оройуоннарга. Билигин маннык территориялар Хаҥалас, Нам, Горнай, Мииринэй оройуоннарыгар бааллар.
Мин дойдубар Хаҥаласка пилотнай бырайыак саҕаламмыта — манна эт аһы оҥорон таһаарар комплекс, «Орто Дойду» гостиница, эмтээх оттору оҥорор сыах, кыра габариттаах пилота суох гусеничнай тырааныспары оҥоруу киирэр.
Олус үөрэбин бастакы президиэммит Михаил Ефимович Николаев биһиги бэйэбит үлэлиэхтээхпит, бородууксуйабытын бэйэбит оҥостуохтаахпыт уонна онно хамнас аахсыахтаахпыт диэн идеята олоххо киирбититтэн», — диэтэ кини.
Санаттахха, бырайыак Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга ыйааҕын чэрчитинэн оҥоһуллар.