2030 сылга Саха сиригэр 40- тан тахса гааһынан сапыраапкалыыр станциялары тутары былаанныыллар. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ массыынаны гаас оттугунан толорор аҕыс кэмпириэстиир станция, 23 көннөрү уонна 22 көһө сылдьар массыына сапыраапката үлэлииллэр. Бу туһунан Саха сирин аҕа баһылыга Айсен Николаев тохсунньу 15 күнүгэр социальнай ситимҥэ быһа эфир кэмигэр иһитиннэрдэ.
Маны таһынан, 2020 сылтан Саха сиригэр айылҕа гааһынан үлэлиир массыыналарга тыраанспортнай нолуоктара 50% намтаабыта. Бу дьаһал массыыналарын гаас оттукка көһөрүөн баҕалаахтары уонна тэрилтэлэри өйүүр сыаллаах ылыллыбыта. Ону сэргэ, гаас сапыраапкатын тутуутунан дьарыктанар хампаанньалар эмиэ нолуоктан босхоломмуттара.
Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, билигин дойду үрдүнэн нефть оҥорон таһаарар собуоттарга уматык сыаната үрдээн турар. Ол иһин «Саханефтегазсбыт» дизельнэй уматык сыанатын 7-8% үрдэтэргэ күһэллибит. Бу сөптөөх дьаһал, тоҕо диэтэххэ, бэйэ ночоотугар тэрилтэ эмиэ үлэлиир кыаҕа суох.
«Өссө төгүл тоһоҕолоон этиэхпин баҕарабын, бензин эбэтэр гаас сыаналара мэлдьи уматыгы оҥорон таһаарар собуоттартан тутулуктаах. Массыыналары гаас уматыкка көһөрөөһүн регион политикатын биир сүрүн хайысхата буолар. Билигин өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата бөдөҥ хаһаайыстыбалары уонна муниципальнай оройуоннары кытта гааһынан сапыраапкалыыр станциялар инфраструктуратын тутууга көхтөөх үлэни ыытар», — диэтэ Айсен Николаев.
Санатан эттэххэ, бу сылтан Саха сиригэр тыраанспары гаас уматыкка көһөрөргө көмө харчы көрүллэр. Бу сыалга бүддьүөккэ 24 мөл. солк. көрүллүбүт.
This post was published on 17.01.2022 10:59 10:59