Алтынньы 4- тэн 7- гэр диэри Дьокуускайга ыытыллыахтаах республика учууталларын уонна педагогическай общественноһын XIV съеһигэр үөрэх тиһигин сайыннарыыга үөрэнээччилэр санааларын учуоттуохтара, диэн СИА кэпсиир.
«Биһиги оҕолор туох баҕалаахтарын билээри, кинилэри кытта хайдах үлэлиэхтээхпитий диэн ыйытыылары ыыттыбыт. Съезкэ ыйытыылар түмүктэрин таһаарыахпыт, ол олус интэриэһинэй буолуоҕа! Сүрүн тема – 2030 сылга диэри үөрэх тиһигин сайыннарыы», — диэн Саха сирин үөрэҕин министрэ Ирина Любова бэлиэтээтэ.
Съезкэ кэпсэтиилэр, дискуссионнай уонна презентационнай площадкалар, төгүрүк остуоллар, семинардар, интерактивнай акциялар, үөрэх технологияларын быыстапкалара уо. д. а. буолуохтара.
Саха сирин педагогтара үөрэхтээһиҥҥэ дойду бастыҥ учуонайдарын лекцияларыгаар сылдьыахтара.
This post was published on 14.09.2022 10:28 10:28