Россия бырабыыталыстыбата ИТ-исписэлиистэргэ чэпчэтиилээх ипотеканы биэриини уһатта, 2030 сылга диэри. Сүрүн болҕомто регионнарга уурулунна. Ол туһунан «Российская газета» суруйда.
Атырдьах ыйыттан ыстаапка сыллааҕыта 6%, муҥутуур суума 9 мөл солк диэри, эбии чэпчэтиилэр баар буолуохтарын сөп.
Кирэдьиит ыларга миллионниктарга уонна Москва уобалаһыгар хамнас ыйга 150 тыһ солк элбэх буолуохтаах, регионнарга – 90 тыһ солк элбэх.
Бырагыраама ИТ-исписэлиистэри регионнарга хаалларар сыалтан ылыллар.
This post was published on 01.08.2024 10:01 10:01