2030 сылга диэри Дьокуускай куоракка мас уонна икки этээстээх дьиэ диэн суох буолуоҕа

Фото: Мария Васильева, ЯСИА

Муус устар 1 күнүгэр буолбут «Якутия, вперед!» биэриигэ өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев кыттан, өрөспүүбүлүкэ олоҕор сыһыаннаах боппуруостары, ситиһиилэри таарыйда.

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо дьиэни тутууга албыннаппыт өлүүлэһээччилэр кыһалҕалара оннуттан хамсаабытын иһиттилэр. РФ бэрэсидьиэнин В.Путин кыһамньытынан муус оннуттан хамсаабыт. Холобура, Саха сиригэр 11 дьиэҕэ итинник кыһалҕа турбут буоллаҕына, билигин 3 эрэ дьиэ быһаарылла илик. Сыл бүтүөр диэри бу боппуруос быһаарыллыаҕа диэтэ Айсен Николаев. Инникитин ситэ тутуллубакка хаалбыт уонна «бытыктаах» тутуу диэн суох буолуохтаах диэтэ кини.

Айсен Сергеевич Кытайы кытта ыкса сыһыан боппуруоһугар тохтоото. Табаар эргиирэ улаатыытыгар бу сыһыан көдьүүстээх буолуоҕун ыйда. Холобура, таас чох экспорыгар. Кытайы кытта сибээстээх бырайыактартан өрөспүүбүлүкэ үгүһү кэтэһэрин бэлиэтээтэ.

Салгыы Айсен Сергеевич Дьокуускай куорат уонна Нерюнгри куорат маастар-былааннарыттан элбэҕи эрэнэрин эттэ. Бу куораттар Уһук Илин итинник былааннаах буолуохтаах куораттарын кэрискэлэригэр киирбиттэр. 2030 сылга диэри Дьокуускай куоракка мас уонна икки этээстээх дьиэ диэн суох буолуоҕа. Нерюнгригэ доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр хапытаалынай өрөмүөн, саҥардыы ыытыллыаҕа диэтэ. Уопсайынан, бу куораттарга бу маастар-былаанынан үгүс сайдыы тахсыаҕа.

Өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга Дьокуускайга килиимэт уларыйыытыгар буолан ааспыт норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах кэмпириэнсийэҕэ 500 эспиэр кыттыыта улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. Онон Саха сирин уопута бу хайысхаҕа тарҕанар кыахтаммыт.

Источник: «Саха сирэ» сайт, ааптар: Женни Стрюкова

This post was published on 03.04.2023 12:28 12:28