2030 сылга агробырамыысыланнай салааҕа үлэһит тиийбэтин түөрт төгүл аччатар сорук турар

Хаартыска: Саха парламент саайта

Ааспыт 2023 сыл сэтинньитигэр Москубаҕа ыытыллыбыт Үүтү астааччылар национальнай сойуустарын XV сийиэстэригэр Арассыыйа Федерациятын Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Дмитрий Патрушев дойду агробырамыысыланнай комплексыгар 200 тыһыынча үлэһит тиийбэтин, билигин үлэлии сылдьар дьон ыйдааҕы хамнастара орто хамнас таһымыттан намыһаҕын бэлиэтээбитэ. Итиэннэ тыа хаһаайыстыбата дойдуга аһылык өттүнэн куттал суох буолуутун хааччыйар аналын чорботон туран, 2030 сылга салааҕа үлэһит тиийбэтин түөрт төгүл аччатар соругу туруорбута.

Дьэ, бу дьоһун соругу ситиһэргэ туох ирдэнэрий? Бу ыйытыыга хоруйу булаары, Ил Түмэн Тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ итиэннэ Наукаҕа уонна үөрэхтээһиҥҥэ сис кэмитиэттэрэ муус устар 9 күнүгэр Аартыкатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай үнүбэрситиэккэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтин агробырамыысаланнай комплексыгар каадыры бэлэмнээһин» диэн тиэмэҕэ төгүрүк остуолу тэрийэн ыыттылар. Онно норуот дьокутааттара, тустаах министиэристибэлэр, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун, АГАТУ салайааччылара, эппиэттээх үлэһиттэрэ, агрооскуолалар дириэктэрдэрэ, учуонайдар кыттыыны ыллылар.

96 агрооскуола

Тыл бастакынан үөрэх уонна наука миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргуноваҕа бэрилиннэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 27 улууска уонна Дьокуускай куоракка барыта холбоон, 96 агрооскуола баар, олорго 14 тыһыынча кэриҥэ оҕо үөрэнэр. Бу агрооскуолалар оҕону үлэҕэ үөрэтэллэр, үгэс буолбут дьарыктары таһынан, мүөттээх ыҥырыаны иитии, сир аһын, эмтээх үүнээйилэри хомуйуу, ИТ-технологияны сайыннарыы, бизнес-бырайыактары оҥоруу курдук хайысхаларга хотоойутук ылсан үлэлииллэр.

2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, 77 агрооскуолаҕа 563 ынах сүөһү, 909 сылгы, 1 248 таба, 1 344 куурусса, бочугурас, 918 хаас, куруолук уонна 52 дьиэ кэргэн мүөттээх ыҥырыа баар. Инньэ гынан, бу агрооскуолалар сайын үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарын, ол иһигэр 13 хонуктаах уонна 80 күнүскү лааҕыры тэрийэннэр, оттууллар уонна оҕуруот аһын арааһын үүннэрэллэр. Онон бэйэлэрин остолобуойдарын хортуоппуйунан, оҕуруот аһынан, үүтүнэн, этинэн уонна мүөтүнэн хааччыйаллар, ордубутун нэһилиэнньэҕэ атыылыыллар. Хас күһүн ахсын өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы быыстапка-дьаарбаҥкаларга ситиһиилээхтик кытталлар.

Уопсай үөрэх бырагырааматын таһынан уонтан тахса тыа сирин олоҕор-дьаһаҕар олус наадалаах идэлэргэ үөрэтии тэриллэр буолан, оҕолор ситии-хотуу аттестатын кытары, мэхэньисээтэр, суоппар, столяр, иистэнньэҥ, сүөһүнү көрөөччү, табаһыт-радист, алын сүһүөх агроном, ЭВМ оператора о.д.а. идэлэри ылан тахсаллар.

Күннээҕи үлэни билимҥэ дьүөрэлээннэр, оҕуруоту үүннэриигэ, сүөһүнү-сылгыны, көтөрү көрүүгэ-истиигэ уо.д.а. чинчийэр үлэнэн дьарыктаналлар, дакылааттары суруйаннар, араас таһымнаах научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ көхтөөхтүк кытталлар.

Үгүс оскуола Тыа хаһаайыстыбатын дьоҕус академиятын, АГАТУ-ну, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ-ну, Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун кытары бииргэ үлэлииллэр. Холобур, Чурапчы улууһуттан Дириҥ агрооскуолата, П.Н., Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас агрооскуолата, Булуҥ улууһуттан Бороҕон агрооскуолата уонна Уус Алдан улууһуттан Кэптэни агрооскуолата, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Майа агрооскуолата федеральнай бырайыак чэрчитинэн, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун базатыгар идэтийиигэ үлэлии сылдьар эбиттэр.

Үп элбэҕи быһаарар

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров агробырамыысыланнай комплекс каадырынан хааччыллыытын туругун туһунан иһитиннэриини оҥордо. Өрөспүүбүлүкэ салалтата тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир каадыры олохсутууга үгүс хайысхалаах өйөбүлү оҥорор. Ол курдук, хаһаайыстыбаҕа үс сыл устата үлэлииргэ дуогабардаспыт алын сүһүөх, орто анал уонна үрдүк анал үөрэх кыһаларын бүтэрбит эдэр исписэлиистэргэ ый аайы эбии төлөбүр көрүллэр.

«Тыа сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бырагырааматын» чэрчитинэн, үрдүк анал үөрэҕи бүтэрбит эдэр исписэлиистэргэ ыйдааҕы хамнаһы таһынан, эбии төлөбүрү биэрии 2004 сылтан олохтоммута, орто анал үөрэҕи бүтэрбит эдэр исписэлиистэргэ 2008 сылтан бэриллэр буолбута. Маннык өйөбүл алын сүһүөх анал үөрэҕи бүтэрбит эдэр исписэлиистэргэ 2012 сыллаахтан көрүллэр. Онуоха ирдэбил биир: эдэр исписэлиис Арассыыйа Федерациятын олохтооҕо, 35-гэр диэри саастаах, алын сүһүөх анал, орто анал биитэр анал үрдүк үөрэҕи бүтэрбитин туоһулуур дипломнаах итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтин, ол иһигэр бааһынай хаһаайыстыбатын, тыа хаһаайыстыбатын потребительскэй кэпэрэтиибин кытары дуогабар түһэрсэн, үс сылтан итэҕэһэ суох кэмҥэ идэтинэн үлэлиир буолуохтаах.

Эбии төлөбүр кээмэйэ улуустар уратыларын учуоттаан олохтоммут: Аартыкаҕа уонна хотугу улуустарга үлэлиир алын сүһүөх орто анал үөрэхтээх эдэр исписэлиис – 12 000 солк., орто анал үөрэхтээх эдэр исписэлиис – 16 500 солк., үрдүк анал үөрэхтэх эдэр исписэлиис – 22 000 солк. ылар. Онтон атын улуустарга эбии төлөбүр кээмэйэ туһааннааҕынан 9 000 солк., 12 000 уонна 15 000 солк буолар. Биэс сыл устата бу өйөбүлүнэн 1804 эдэр исписэлиис туһаммыт: 2019 с. – 404 (213 үрдүк, 116 орто анал, 75 анал үөрэхтээх), 2020 с. –  404  (164 үрдүк, 106 орто анал, 134 анал үөрэхтээх), 2021 с. – 386 (111 үрдүк, 133 орто анал, 142 анал үөрэхтээх), 2022 с. – 330 (119 үрдүк, 96 орто анал, 115 анал үөрэхтээх), 2023 с. – 280 (112 үрдүк, 89 орто анал,  79 анал үөрэхтээх). Былырыыҥҥылартан 49 киһи хотугу улуустарга, 64 киһи Дьокуускайга үлэлии сылдьар эбиттэр.

Өйөбүл иккис көрүҥэ «Эдэр табаһыт» социальнай бырагыраама буолар. Бу бырагыраама «Саха сирин Аартыкатааҕы түбэтин уонна төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар 2020-2024 сс. социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыылара» диэн эрэгийиэннээҕи судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн оҥоһуллубута. Ыстаадаҕа эдэр дьон үлэлиирин көҕүлээн, 35-гэр диэри саастаах, түөртэн итэҕэһэ суох үлэлээбит ыстаастаах табаһыт дьиэ-уот туттарыгар 1 мөл. солк бэриллэр. Үс сыл устатыгар бу көмөнөн 53 табаһыт туһаммыт, былырыын үбүлээһин көрүллүбэтэх. Быйыл кубуота 14 киһиэхэ көрүллэр, онуоха сыана ыараабыта учуоттанан, биир табаһыкка 2 мөл солк бэриллэр буолбут.

Оҥорон таһаарар бородууксуйаларын (эти-үүтү, балыгы…) батардахтарына эрэ дохуоттанар буоланнар, салааҕа хамнас намыһах, ортотунан 45-52 тыһ солк., аны эдэр исписэлиистэргэ көрүллэр эбии төлөбүр төрүт үрдэтиллибэт, ол түмүгэр тыаҕа үлэлии барыан баҕалаах элбэҕэ суох. Холобур, АГАТУ-ну бүтэрбиттэр 46 %-нара, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрбиттэр 10 %-нара эрэ барар (техникуму бүтэрбиттэр салгыы үрдүк үөрэххэ киирэр буоланнар, бырыһыаннара итинник).

– Тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин бэлэмнээн таһаарыы оскуолаттан саҕаланыахтаах, идэҕэ туһаайар үлэ күүскэ ыытыллыахтаах, онон агрооскуолаларга эбии үбүлээһиҥҥэ көрүллэр 25 %-наах коэффициены төһө оҕо тыа хаһаайыстыбатын анал орто уонна үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар киирбиттэринэн биэрэргэ, итиэннэ бу харчыны оҕолору үөрэххэ киирэргэ бэлэмнииргэ туһаайарга туруорсабын. Иккиһинэн, эдэр исписэлиистэргэ көрүллэр эбии төлөбүр кээмэйин хамнас алын кээмэйигэр диэри үрдэтэргэ, оттон ыанньыксытынан, сылгыһытынан, табаһытынан, булчутунан, балыксытынан уо.д.а. 15 сыл үлэлээбит дьахталларга, 20 сыл үлэлээбит эр дьоҥҥо бэриллэр социальнай босуобуйаны (1400-1600 солк) тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр диэри улаатыннарарга этэбин, – диэн миниистир этиитин түмүктээтэ.

«Земскэй пиэрмэр» бырагыраама

АГАТУ ректора Валерий Федоров каадыры бэлэмнээһиҥҥэ мэһэйдиир кыһалҕалары таарыйда. Ыччаттар тыа хаһаайыстыбатын идэтигэр интэриэстэрэ олус намыһах, агрооскуоланы бүтэрбит оҕолор тыа сиригэр үлэни-хамнаһы тэринэн, дохуоттаныахха сөбүн туһунан өйдөбүллэрэ тутах. АПК төһө эдэр исписэлиискэ наадыйарын туһунан боччумнаах ырытыы оҥоһуллубат, идэҕэ туһаайыы үлэтин тиһигэ ситэтэ суох. Эдэр исписэлиистэргэ эбии төлөбүр үс эрэ сылга көрүллэрэ, үгүс хаһаайыстыбалар салайааччылара өйөбүл маннык көрүҥэ баарын билбэттэрэ, эбэтэр тустаах докумуону кэмигэр толорон биэрбэттэрэ эбии төлөбүртэн элбэх эдэр исписэлииһи матарар эбит. Ити барыта түмүллэн, ыччат тыа сиригэр, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир баҕатын кэҕиннэрэрин ректор тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

АГАТУ-ну 2021 сыллааахха 361 киһи бүтэрбититтэн, идэтинэн 156 киһи, 2022 сыллаахха 428 киһи бүтэрбититтэн идэтинэн 148, 2023 сыллаахха 450 киһи бүтэрбититтэн идэтинэн 125 киһи үлэлиир, кинилэр баһыйар өттүлэрэ куоракка олохсуйбуттар.

Итини ыйан туран, ректор эдэр исписэлиистэргэ көрүллэр эбии төлөбүрү, уопсайынан хамнаһы үрдэтэргэ эттэ. Ыччат дойдутугар эргиллэн, үлэни-хамнаһы тэринэн, олохтоохтук оҥостон үлэлиирин хааччыйарга «Земскэй учуутал» уонна «Земскэй луохтуур» курдук, «Земскэй пиэрмэр» диэн бырагырааманы оҥорон, олоххо киллэрэр көдьүүстээх буолуоҕун ыйда.

Салгыы агрооскуолалар дириэктэрдэрэ Михаил Игнатьев (Чурапчы, Дириҥ), Николай Слепцов (Хатас), Максим Максимов (Горнай, Маҕарас), Константин Готовцев (Уус Алдан, Танда) үлэлэрин-хамнастарын туһунан кэпсээтилэр.

Оскуолаттан саҕаламмыт кэлим тиһик наада!

Тыл этиитигэр норуот дьокутааттара көхтөөхтүк кытыннылар. Иван Данилов АГАТУ, техникум уонна агрооскуолалар тус-туһунан буолбакка, ситимнээхтик, хардарыта ситэрсэн үлэлииллэригэр баҕатын эттэ. Идэни туһаайыыга оскуола паартатыттан саҕаланан, анал үрдүк үөрэх кыһатыгар тиийэн түмүктэнэр үлэ биир кэлим тиһигэ наадатын ыйда. Светлана Давыдова тыа хаһаайыстыбатыгар эрэ буолбакка, уопсайынан тыа сиригэр каадыры, ол иһигэр эмчиттэри, учууталлары, олохсутан үлэлэтии кыһалҕата сытыытык турарын санатан, бу боппуруоска биир уопсай бырагырааманан үлэлиир көдьүүстээх буолуоҕун бэлиэтээтэ. Кинини ситэрэн, Елена Голомарева ыччаты тыа сиригэр олохсутар усулуобуйаны тэрийэр тустаах бырагырааманы оҥорор уолдьаспытын санатта.

– Сатаатар, икки-үс нэһилиэккэ урукку сопхуос курдук хаһаайыстыбаны тэрийэн пилотнай бырайыак быһыытынан үлэлэтэр көдьүүстээх буолуоҕа. Урукку сопхуостар тыа хаһаайыстыбатынан эрэ буолбакка, ОДьКХ-ҕа, тутууга тиийэ тыа сирин сайдыытын боппуруоһун кэлимник быһааран олорбуттарын бары өйдүүбүт. Оннук киэптэх хаһаайыстыбалары саамай ыраах нэһилиэктэргэ тэрийэргэ этэбин, бары министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр бииргэ туруннахтарына, бу кыаллар суол, — диэтэ.

Хаһаайыттары иитиэххэ!

Тыараһа агрооскуолатын дириэктэрэ Петр Полускин Дьокуускай куорат дьаһалтала Хатас, Тулагы агрооскуолаларыгар көмө быһыытынан биирдии мөлүйүөн солкуобайы биэрэрин үтүө бачыым быһыытынан сыаналаата, маны улуустар дьаһалталара батыһалларыгар ыҥырда. АГАТУ салалтатыгар туһаайан, сайын устудьуоннары агрооскуолалар лааҕырдарыгар үлэлэтэ ыытарга эттэ, оччотугар оҕолорбут бу кыһа туһунан билиэ, сэргиэ, интэриэһиргиэ этилэр диэтэ.

– Киһи санаатынан кыайбатаҕын хаһан да кыайбат, онон агрооскуолаларга технология сайдыытын туһунан кэпсиэххэ, ханнык саҥа технологияларга тирэҕирэн тыа сирин, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыахха сөбүн туһунан толкуйдатыахха, ис кыахтары чинчийтэриэххэ, итиэннэ «Биһиги – алаас (Аартыка……) аныгы хаһаайыннарабыт!» диэн өйү-санааны иҥэрэн, бэлэм үлэ миэстэтин көрдүүргэ буолбакка, үлэни-хамнаһы тэрийэргэ үөрэтиэххэ наада, – диэтэ үөрэхтээһин саҥаны киллэриигэ киинин дириэктэрэ Дмитрий Титов.

Маннык хаһаайыннар суох буолбатахтарын Вера Лиханова кэрэһилээтэ. Кини СГТХА-ны бүтэрэн аҕыс сыл технологтаабытын, салгыы кэтэхтэн экэнэмиис үөрэҕин бүтэрэн, бааҥҥа үлэлээбитин, онтон «Лиханова пиэрмэтэ» диэн бааһынай хаһаайыстыбатын тэринэн, сир аһын хомуйан пастила оҥорорун үгүстэр билэбит-истэбит. Үс сыл соҕотоҕун үлэлээн баран, билигин икки устудьуону, технолог буолаары сылдьар ыччаттары, үлэлэтэр эбит. Ити идэни баһылыырга көдьүүһэ улаханын бэлиэтээн туран, хоһуун урбаанньыт үөрэхтэрин быыһыгар үлэлиир устудьуоннарга өйөбүл баар буоларыгар баҕатын эттэ.

… уонна салайааччылары

Сунтаартан сылдьар тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ Горн Платонов тыа сиригэр сүрүннээн саас ортолоох дьон уонна кырдьаҕастар эрэ хаалан эрэллэриттэн хомойорун биллэрдэ.

– Кэпэрэтииптэр орто хамнастара 40-50 тыһ солк., ити киһи элбэх диэбэт харчыта. Онон тыа сирэ эстибэтин, эдэр ыаллар элбииллэрин, уһуйааннар уонна оскуолалар салгыы үлэлииллэрин туһугар тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар сыллата 30 млрд солк харчыны көрүөххэ, салаа бары араҥа үлэһиттэрин хамнаһын бүддьүөт үлэһитин орто хамнаһыгар, ол эбэтэр 100 тыһыынча солкуобайга, тиэрдиэххэ наада. Иккиһинэн, хаһаайыстыбалар салайааччыларын сыаллаан бэлэмнииргэ этэбин. Мин «Кириэстээх» кэпэрэтииби 15 сыл салайбытым, доруобуйам туругунан уурайбытым кэнниттэн, биэс сыл устатыгар сэттэ дириэктэр үлэлээбитэ, онно хаһаайыстыба улаханнык оҕустарбыта. Онтон Владимир Егоров кэлэн, уон иккис сылын үлэлии-хамсыы сылдьар, уурайар түбэлтэтигэр, кинини солбуйар кыахтаах киһи баарын көрбөппүн. АГАТУ исписэлиистэри таһынан, үлэни-хамнаһы тэрийэр салайааччылары бэлэмниэн наада, — диэтэ Горн Платонов.

Барыбыт  сорукпут

Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков агрооскуоланы бүтэрбит оҕо хайаан даҕаны тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ, бэтэринээр, агроном уо.д.а. буолуохтаах диэн этэр табыллыбат диэтэ. Аграрнай хайысхалаах оскуолалар отут сыллааҕыта саҥа кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн, оскуола үөрэнээччилэрин үлэҕэ, тыа сирин үлэтигэр-хамнаһыгар сыһыаран иитэргэ ананан тэриллибиттэрин эттэ.

— Учууталлар оҕолор үлэ диэн тугун кыра эрдэхтэриттэн билэ улааталларын, сиргэ, үлэҕэ уонна төрөөбүт-үөскээбит дойдуларыгар ытыктабыллаахтык сыһыаннаһалларын ситиһиэхтээхтэр. Оттон оскуоланы бүтэрдэхтэринэ, кинилэр анал орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар тардыы – биһиги барыбыт сорукпут буолар. Оскуолаларга идэҕэ туһайыы үлэтигэр улахан болҕомтону уурар туһунан олус сөпкө эттигит, оҕо аграрнай үөрэх кыһатыгар киирбитин бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалыахтаах. Күһэйии быһыытынан буолбакка, бэйэтин баҕа өттүнэн быһаарыныахтаах. Саамай сүрүнэ, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэһит баар буоларын туһугар тыа сирэ баар буолуохтаах, тыа сирэ суох буоллаҕына, онно үлэһит наадата суох. Онон тыабыт сирин харыстыах тустаахпыт, тыабыт сирин харыстыыр буоллахпытына, туох ханнык иннинэ, уһуйааннарга, оскуолаларга оҕолор баар буолалларыгар кыһаныахтаахпыт, – диэтэ бастакы вице-спикер уонна ааспыт күһүҥҥү мунньах ылыммыт быһаарыытынан оҥоһулла сылдьар, агрооскуолаларга туруоруллар ирдэбиллэр саҥа кэрискэлэрин туһунан иһитиннэрдэ.

***

Төгүрүк остуолу түмүктүүрүгэр Ил Түмэн наукаҕа уонна үөрэхтээһиҥҥэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева тирээн турар кыһалҕалары илдьиритэн быһаарар кэпсэтии тахсыбытын бэлиэтээтэ. Норуот дьокутааттарын, миниистирдэри, анал орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларын, агрооскуолалар салайааччыларын бэйэ боломуочуйатын иһинэн, миэстэҕэ сөптөөх дьаһаллары ылынарга ыҥырда.

Источник: Саха парламент саайт

This post was published on 24.04.2024 13:01 13:01