Билигин халлаан сылыйан, дьиэ-уот ырыынагар эмиэ сэргэхсийии тахсар. Дьон саҥа дьиэ атыылаһаары, биитэр кыбартыыраларын атыылаары, ол сүүрүүтүгэр-көтүүтүгэр сылдьаллар. Куорат 203-с микро-оройуонугар тупсаҕай оҥоһуулаах дьиэлэр элбээтилэр.
Иһигэр киирдэххэ, керамогранит муосталаах, курустаал люстралаах, сымнаҕас дьыбааннаах, истиэнэҕэ хартыыналаах улахан подъезтаах, аллараа этээскэ сылаас парковкалаах бииртэн биир тупсаҕай дьиэ атыылаһааччыны ымсыырда угуйар.
Үгүс дьон өрүс боротуоката ыкса чугаһыттан, биэрэккэ турар дьиэ анныгар уу бу ыган кэлэриттэн саллан, атын оройуоҥҥа дьиэ көрдүүллэр. 203-с микро-оройуоҥҥа тутуллан бүппүт саҥа дьиэлэр сорох кыбартыыралара атыыга сатаан барбакка сылы-сыллаан хаһаайына суох кураанах тураллар. Өрөмүөнэ суох бетон эркиннээх 1 хостоох дьиэ 2 мөл. 700 тыһ. саҕалаан, иэнэ кэҥээтэҕин аайы, сыаната үрдээн иһэр. Дьон үйэтин тухары кирэдьииккэ киирэн туран ылбыт дьиэтин эмискэ халаан уута кэлэн, биирдэ сотон ылбатын курдук дьаһаныахха наада.
Бу туһунан Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениетын салайааччытын солбуйааччы Петр Михайлович Аргунов манныгы этэр: “Урут 2001с. Ленскай куорат улахан ууга баран, дойду бэрэсидьиэнэ В.Путин кэлэн, улахан куораттарбытыгар Дьокуускайга, Өлүөхүмэҕэ, Ленскэйгэ айылҕа алдьархайыттан көмүскүүр гидротехническэй инженернай эбийиэк тутарга сорудах биэрбитэ. Даамба үрдүгүн суоттаан-учуоттаан, анал экспертиза оҥоһуллан, 100 сылга биирдэ кэлэр улахан уу куораты ылбат гына Өлүөнэ эбэ кытылын гидротехническай тутуунан бөҕөргөтөрө федеральнай киинтэн үбүлэнэн күргүөмнээх үлэ барбыта.
Чернышевскай уулусса кытыытынан ааһан иһэн көрүөххүтүн сөп, ууттан харыстыыр даамба суолтан быдан үрдүк турар. Онон, 202, 203 микро-оройуоннар үрдэтиллибит сиргэ тураллар.
Ити бөҕөргөтүллүбүт модьу-таҕа гидротехническай тутуу куораппытын курдаан, ГРЭС нөҥүө Намныыр суолга тиийэр. Ленскэй, Өлүөхүмэ ууттан көмүскэнэр инженернэй тутуулара эмиэ итинник суоттанан оҥоһуллубуттара. Ити боростуой даамба буолбатах, ууну тохтотор, ыытар быһыт ааннаах. Онон, нэһилиэнньэ долгуйарыгар туох да төрүөт суох”.
Киһи санаатаҕын аайы дьиэни таҥас курдук уларыппат, сыл аайы атыыласпат. Үйэҕэр иккитэ-үстэ ылар дьиэҥ бастатан туран, олорорго куттала суох, чиҥ оҥоһуулаах, бигэ туруктаах, тымныыттан-итииттэн, ууттан-хаартан хотторбот буолуон наада. Дьоллоох Дьокуускай куораппытыгар хас оройуон аайы 10 тахса этээстээх аныгылыы оҥоһуулаах, кыраһыабай дьиэлэр дьэндэйэллэр. Онтон хайатын хараххынан көрөн хайҕаан, сүрэххинэн сөбүлээн, уйаҕын оҥосторуҥ, хас биирдии киһи – бэйэтэ талар.
This post was published on 27.03.2018 15:00 15:00