2029 сыллааҕы Манчаары оонньууларын Хаҥалас улууһугар ыытарга эттилэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сирин спортка министиэристибэтин кэллиэгийэтин быһаарыытынан «Манчаары оонньуулара» спорт национальнай көрүҥнэригэр XXIII Спартакиада 2029 сылга Хаҥалас улууһугар ыытылларыгар эттилэр, суруйда ЯСИА.

Түмүктүүр быһаарыыны Ил Дархан Айсен Николаев оҥорор.

Санаттахха, 2025 сыллааҕы Манчаары оонньуулара Таатта улууһугар ыытыллар.

This post was published on 24.10.2024 14:03 14:03