Саха Сиригэр 2028 сылга уопсай үлэтэ суох буолуу таһыма 4,5% тиийэ намтыыра күүтүллэр. Хамнас быйыл 2025 сыл таһымыгар 8,6% улаатыаҕа. Бу туһунан Саха сирин экономикатын миниистирэ Петр Попов «2026 сылга уонна 2027 уонна 2028 сыллар былааннаах кэмнэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бюджетын туһунан» сокуон бырайыагынан аһаҕас истиигэ эттэ.
«Регистрацияламмыт үлэтэ суох буолуу таһыма 0,4% тиийэ намтыыра эмиэ сабаҕаланар. Хамнас 2025 сылга тэҥнээтэххэ, кэлэр сылга 3% үрдүө диэн сыаналыыллар. 2028 сылга хамнас, 2025 сыл таһымыгар, 8,6% улаатыаҕа. Нэһилиэнньэ дохуотун уопсай структуратыгар хамнас сүрүн миэстэни ылар. Ол курдук, 2024 сылга нэһилиэнньэ харчынан дохуотун уопсай кээмэйигэр үлэ төлөбүрүн өлүүтэ 69,8% тэҥнэстэ», — диэн Петр Попов бэлиэтээтэ.
Иккис суолталаах компонент, кини этэринэн, социальнай төлөбүрдэр буолаллар. «Кинилэргэ 18,6% тиксэр. Онон, барыллааһын кэмҥэ нэһилиэнньэ дьиҥнээх баар дохуоттарын динамиката дьиҥнээх хамнас траекториятыгар майгынныа. Кинилэр 2028 сылга үүнүүлэрэ 2025 сыл таһымыгар 9,1% буолуоҕа», — диэн эбэн биэрдэ Саха сирин экономикатын миниистирэ.
Билгэлиир кэмҥэ экономикаҕа үлэлиир дьон сыллааҕы орто ахсаана 536,4 тыһыынчаҕа тиийэ элбээһинэ күүтүллэр.
Россия президенэ Владимир Путин көҕүлээбит «Кадрдар» национальнай бырайыагын чэрчитинэн Саха сиригэр үлэтэ суох дьоҥҥо уонна сорох категориялаах гражданнарга 89 ирдэниллибит бырагыраамаларынан босхо үөрэтии тэрилиннэ. Кэнники сылларга экономикаҕа үлэлиир дьон ахсаана 30 тыһыынчаттан тахса, оттон үлэтэ суох дьон ахсаана 10 тыһыынча киһинэн аҕыйаабыт.
This post was published on 15.10.2025 16:34 16:34