Киин Баан бэрэссэдээтэлэ Эльвира Набиуллина быйыл сыл иккис аҥаарыттан сүрүн ыстаапка кыралаан намтыан сөп диэбитэ даҕаны, өссө үрдүүрэ туоратыллыбат. Арассыыйа Баана сабаҕалаан көрүүтүнэн, сүрүн ыстаапка ортотунан быйыл 15-16%, эһиил 10-12% тэҥнэһиэ.
Онон бу сылга кирэдьиит, ипотека, бааҥҥа харчыны уурдарыы бырыһыана син биир үрдүк буолуо. Аны үс сылынан сүрүн ыстаапка 6-7% диэри түстэҕинэ, кирэдьиит, ипотека ыларга табыгастаах кэм тосхойуо, суруйда Сахапарламент.
This post was published on 16.05.2024 11:27 11:27