Арассыыйаҕа 2026 сылтан биэнсийэни индексациялааһын икки түһүмэҕинэн барар буолуоҕа. Бу туһунан Социальнай пуонда бэрэссэдээтэлэ Сергей Чирков «РИА-Новости» ааҕыныстыбаҕа иһитиннэрдэ.
Ол курдук, олунньу 1 күнүгэр инфляция бигэргэммит таһымынан үрдэтиэхтэрэ, онтон муус устар 1 күнүгэр — Социальнай пуонда дохуотуттан көрөн, биэнсийэни индексациялааһын буолуоҕа.
— Кэлэр сылга биэнсийэ үрдээһинигэр биир улахан суолталаах уларыйыы баар. Ол биэнсийэни индексациялааһын икки түһүмэхтээх буоларыгар сыһыаннаах. Бастакы индексация олунньу 1 күнүгэр ыытыллыаҕа, ол былырыыҥҥы инфляцияҕа сигэнэн, үрдүөҕэ, ол эбэтэр, былырыын сыана төһө үрдээбитинэн буолуоҕа, — диэн Сергей Чирков эттэ.
Онтон муус устардааҕы үрдээһин страховой биэнсийэлэргэ эрэ сыһыаннаах, Социальнай пуонда дохуотуттан тутулуктаах. Ол эбэтэр, Арассыыйа олохтоохторо төһө страховой усунуоһу төлүүллэриттэн тутулуктаах, ол кинилэр хамнастарын таһымыгар сыһыаннаах. Онон төһө бырыһыан буолара, билиҥҥитэ биллибэт, суруйда Саха сирэ саайт.
This post was published on 18.09.2025 13:22 13:22