2025 сылы Хаҥалас улууһугар Кыайыы уонна эйэ сылынан биллэрдилэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Хаҥалас улууһугар 2025 сыл Кыайыы уонна эйэ тутуллаах ыытыллыаҕа. Дьаһалга оройуон баһылыгын э.т. Василий Андреев илии баттаата.

«2025 сылга биһиги олус суолталаах даатаны бэлиэтиэхпит — Аҕа дойду улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылын. Хаҥаластар, атын Сэбиэскэй союз олохтоохторун курдук, Кыайыы туһугар улахан кылааты киллэрсибиттэрэ. Биһиги оройуоммутуттан сэриигэ 2194 киһи ыҥырыллыбыта, олортон 1134 киһи сэрии толоонугар хаалбыта. Тыылга биир да күнү көтүппэккэ фронт туһатыгар үлэлээбиттэрэ. Быйыл ыам ыйыгар Кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит. Биһиги нацизмы кытта охсуһар, эһэлэрин, хос эһэлэрин хорсун быһыыларын салгыыр байыаннай сулууспалаахтарбытын умнубаппыт, элбэх болҕомто уурабыт», — диэтэ Василий Андреев.

Тохсунньуга тэрийэр хамыыһыйа састааба, сүрүн тэрээһиннэр былааннара бигэргэниэҕэ.

This post was published on 24.12.2024 18:01 18:01