2025 сылга Россияҕа биэнсийэни эбии индексациялыахтарын сөп

Хаартыска: ЯСИА саайта

Россияҕа биэнсийэ 2025 сылга эбии индексацияланыан сөп, 2024 сылга баар инфляция борогунуос көрдөрүүтүттэн үөһэ буоллаҕына. Былааннаммыт индексация тохсунньу 1 күнүттэн саҕаланар, 7,3%. Ол туһунан социальнай пуонда баһылыга Сергей Чирков эттэ, суруйар ТАСС.

Страховой биэнсийэ индексацията 2025 сылга үлэлиир биэнсийэлээхтэри эмиэ таарыйар.

«7,3%-наах инфляция суумата баар, уурулла сытар, ити эрээри баар инфляция үрдүк буоллаҕына, бырабыыталыстыба суһаллык эбии индексация туһунан уураах ылыныаҕа. Социальнай пуонда ону толоруоҕа», — диэтэ салайааччы Федерация сэбиэтин мунньаҕар.

Чирков Россия 42 мөл олохтооҕо 2025 сылга биэнсийэ ыларын иһитиннэрдэ. Страховой биэнсийэ төлөбүрүгэр 11 трлн солк, судаарыстыбаннай хааччыйыыга — 825 млрд солк.

This post was published on 26.11.2024 13:07 13:07