15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

2025 сылга Дьааҥыга халаан уутуттан көмүскүүр тутууну саҕалыахтара

10:02, 06 декабря 2024
Текст:
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга Ленскэй бассейнын уокуругун Сэбиэтин мунньаҕа буолан ааста. Хас да эрэгийиэн бэрэстэбиитэллэрэ, ол иһигэр Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ, халаан уутуттан уонна улахан уу хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин тутууну хайдах көмүскүүр туһунан кэпсэттилэр.

Бу туһунан Уу ресурсаларын федеральнай ааҕыныстыбатын Өлүөнэ бассейнын управлениетын салайааччыта Петр Аргунов иһитиннэрдэСэбиэт иһинэн Саха сирэ эрэ буолбакка, Бурятия, Иркутскай, Амурскай уонна Читинскэй уобаластар, Хабаровскай кыраай бэрэстэбиитэллэрэ киирэллэр.

«Уу эбийиэктэрин куһаҕан сабыдыалларын уонна улахан уу хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин олоххо киллэриигэ нэһилиэнньэни харыстааһын боппуруостарын дьүүллэстибитЭһиил Дьааҥыга халаан уутуттан көмүскүүр  тутуу барара былааннанар. Үбүлээһин баар түгэнигэр Нам оройуонугар Граф биэрэгин гидротехническай тутууларын саҥардыахпыт уонна Бүлүүгэ биэрэги бөҕөргөтөр тутууларын ыытыахпыт —  сметнэй сыаната 1,2 млрд солк. буолар.  Субвенцияларынан биһиги Саха сирин өрүстэригэр халаан уутун утары тэрээһиннэри ыытабытЭһиил бу үлэҕэ 16,7 мөл. солк. көрүллүөхтээхБарыта 28 мөл. солк. суумалаах тэрээһиннэр былааннаналлар», — диэн кэпсээтэ Петр Аргунов.

Быйыл Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Бүлүү өрүскэ биэрэги бөҕөргөтөр үлэлэр түмүктэннилэрТутуу Саха сирин Экологияҕа министиэристибэтинэн 700 мөл. солк. тахса суумалаах федеральнай бүддьүөт суотугар ыытылынна.

Петр Аргунов бэлиэтээбитинэн2025 сылга Саха сиригэр уустук халаан кэлэрэ күүтүллэр. «Билигин уу эбийиэктэрэ мууһунан бүрүллэр. Муус халыҥа уонна хаарын саппааһа муус устар ыйга диэри улаатыаҕа. Мин сэтинньи 20- с чыыһылатыгар Ленскэй оройуонугар муус өр турбатаҕын кэтээн көрбүппүттэн олус дьиксинэбинУопсайынан, аны саас муус кээмэйинэн олус элбэх буолуон сөп. Ону таһынан Саха сирин арҕаа өттүгэр сорох кыра уонна орто уу эбийиэктэрэ күһүҥҥэ диэри тоҥмотохторо», – диэн эбэн эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА