2025 сылга Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын өйүүргэ бюджеты былырыыҥҥы таһымынан хаалларар былааннаахтар. Ол туһунан тустаах миниистир Артем Александров эттэ. 2025 сыл уонна былааннаах 2026 — 2027 сылларга өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бюджетыгар сокуон бырайыагын Ил Түмэҥҥэ бастакы ааҕыыга ылыннылар.
«Бастакы ааҕыыга, ветеринария управлениетын үбүлээһини киллэрэн туран, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар аҕыс млрд солк көрдүбүт. Иккис ааҕыыга үбүлээһини былырыыҥҥы таһымынан хаалларарга эрэллээхпин, ол эбэтэр 15 млрд солк. Ил Дархан Айсен Николаев уонна Алексей Еремеев салайааччылаах парламент өйүөхтэрэ дии саныыбын», – диэтэ Артем Александров.
Миниистир эппитинэн, үбүлээһин тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар соруктары толорууга уонна инвестиционнай бэлиитикэ былааннарыгар дьоһун өйөбүл буолуоҕа. Артем Александров бэлиэтээбитинэн, аграрнай салаа 2030 сылга диэри сайдыыта Саха сирин баһылыгын саҥа стратегическай ыйааҕар олоҕурар.
This post was published on 23.10.2024 10:29 10:29