2025-2026 сс. оттук сезонугар бэлэмнэнии туһунан мунньах буолла

Атырдьах ыйын 4 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ 2025-2026 сс. оттук сезонугар бэлэмнэнии хайысхатынан мунньах ыытта. Ил Дархан видеосибээс нөҥүө улуустарга балаһыанньа хайдаҕын билистэ, ону тэҥэ кыстыкка бэлэмнэниигэ чопчу соруктары туруорда, сорудахтары биэрдэ, суруйда Саха парламент саайт.

Саҕаланаары турар оттук сезонугар  1 157 хочуолунайы бэлэмнииллэр. Билиҥҥи туругунан бу ахсааныттан 46%-н эбийиэк үлэҕэ бэлэм. Ититиигэ холбонуохтаах 4163 км уһуннаах ситимтэн 49%-на бэлэм, 1 763 км уһуннаах уу ситимигэр – 46%, 748 км уһуннаах канализация ситимигэр – 78% бэлэм. Электроуотунан хааччыйыыга 853 км уһуннаах линияҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар, ол былаантан 42% толоруллубут. 116 дизельнэй уот ыстаансыйатыттан 70%-нын бэлэмнээбиттэр. ОДьКХ уонна энэргиэтикэ тэрилтэлэрин өрөмүөннүүр бырагыраамаларын бэлэмэ 55%-ҥа тэҥнэһэр.

Оттук сезона этэҥҥэ ааһарын туһугар ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга уматык-энэргиэтикэ ресурсаларын тиэйиигэ быйылгы былаан 509,1 тыһ. туоннаҕа тэҥнэһэр. Бүгүҥҥү туругунан 264 тыһ. туоннаны тиэйбиттэр (уопсай былаантан 52%-на), оттон миэстэтигэр 134 тыһ. туоннаны тиэрдибиттэр (26%). Мантан улахана «СӨ ОДьКХ» ГУП хочуолунайдарыгар оттуллуохтаах чох буолар.

Өлүөхүмэ уонна Алдан оройуоннарыгар эбийиэктэри бэлэмнээһин ситэриилээх былаас уорганнарын ураты хонтуруолугар сылдьар. Чуолаан, Өлүөхүмэҕэ үс ньиэп хочуолунайын үлэлэтии боппуруоһа быһаарыллар. Алдан оройуонугар – итиинэн хааччыйар тэрилтэ уларыйыыта. Концессионнай сөбүлэҥ болдьоҕо бүппүтүнэн «Теплоэнергосервис» АУо Алданнааҕы филиалын үлэтэ түмүктэммитэ. Ол эрээри хомунаалынай комплекс эбийиэктэрин итиинэн хааччыйар саҥа тэрилтэҕэ бэриллибит –  «Теплоэнергосервис» муниципальнай унитарнай тэрилтэҕэ.

Оттук сезонугар бэлэмнэниигэ ураты болҕомто сайыҥҥы халаантан эмсэҕэлээбит Өймөкөөн уонна Абый улуустарыгар ууруллар. Билигин бу эҥээр чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытыллар. Ил Дархан үлэ хайдах баран иһэрин күннэтэ кэтииргэ соруйда.

This post was published on 05.08.2025 12:23 12:23