2024 сылтан сэрии кэмин оҕолоругар биир кэмнээх төлөбүр олохтонно

Хаартыска: Социальнай харысхал министиэристибэтэ

Быйылгыттан сэрии кэмин оҕолоругар сыл аайы Кыайыы күнүгэр харчынан төлөбүр олохтонно. Ил Дархан 2021 сыл муус устар 16 күнүнээҕи 1799 №-дээх ыйааҕар уларыйыылар киирдилэр, суруйда «Саха сирэ» сайт.

Ол чэрчитинэн, Аҕа дойду сэриитин кэмигэр төрөөбүт (1927 сыл балаҕан ыйын 3 күнүттэн 1945 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри) оҕолору өйүүр сыалтан, хас сыл ахсын ыам ыйын 9 күнүгэр төлөбүр төлөнүөҕэ. Сэрии кэмин оҕолоро Саха сиригэр бастайааннай олорор буолуохтаахтар.

Төлөбүр кээмэйэ — 3000 солкуобай.

Өскөтүн, сэрии кэмин оҕото хас да хайысханан сыллааҕы төлөбүрдэри ылар буоллаҕына, үрдүк кээмэйдээҕин талан, биирин биэрэллэр.

Санатар буоллахха, бу туһунан Ил Дархан быйыл бэтэрээннэр өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорумнарыгар этии киллэрэн, үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтигэр сорудах биэрэн турар, диэн иһитиннэрдэ СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ.

This post was published on 10.01.2024 10:31 10:31