2024 сылга Саха сиригэр 16 саҥа оскуола арыллыаҕа

Хаартыска: ЯСИА саайта

2024 сылга үлэҕэ киириэхтээх оскуолалар тустарынан бырабыыталыстыба бэорэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников мунньахтаата. Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 16 саҥа оскуола үлэҕэ киириэхтээх, регион салалтатын пресс-сулууспата суруйда.

Саҥа эбийиэктэр 12 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа тутуллаллар. Үгүстэрэ «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак чэрчитинэн бараллар.

Дьокуускайга биэс оскуола киирэрэ былааннанар. Ол эбэтэр ДСК оройуонугар 990 миэстэлээх, № 29-дээх оскуолаҕа 350 миэстэлээх эбии тутуу, адаптивнай үөрэнэр комплекс 550 миэстэлээх, коррекционнай № 4-дээх оскуола 180 миэстэлээх уонна кадет оскуолата интернаттаах үөрэнэр корпустаах. Жатайга 360 миэстэлээх оскуола.

Ытык-Күөлгэ 100 миэстэлээх интернаттаах 450 миэстэлээх оскуола, Аммаҕа 100 миэстэлээх интернаттаах 360 миэстэлээх оскуола, Мииринэйгэ № 1-дээх оскуола иккис корпуһа тутулла турар.

Бэс Күөлгэ 150 миэстэлээх, Баҕадьаҕа 60 уонна 30 миэстэлээх оскуола-саад, Боотулууга 165 миэстэлээх оскуола, Сайдыыга 80 уонна 40 миэстэлээх оскуола-саад, Тумулга 150 миэстэлээх оскуола, Заречнайга 60 миэстэлээх оскуола, Үөдэйгэ 10 уонна 25 миэстэлээх оскуола-саад.

This post was published on 11.01.2024 11:01 11:01