2024 сылга Россия хас иккис куоратыгар виртуальнай кэнсиэр саалата баар буолуоҕа

Ааспыт сылга Россия 44 регионугар 80 виртуальнай кэнсиэр саалата арыллыбыта. «Култуура» нацбырайыак үлэтэ түмүктэниэр диэри дойду хас иккис куоратыгар маннык саала баар буолуоҕа, туһааннаах министиэристибэ баһылыга Ольга Любимова эттэ, суруйар «Парламентская газета».


Ольга Любимова эппитинэн, саалалар 2024 сылга баар буолуохтара.

«Виртуальнай саалалар баар буоллахтарына, биллэр кэлэктииптэр уонна ырыаһыттар Россия ханнык баҕарар куоратыгар кэнсиэртиэхтэрин сөп. Олохтоохтор босхо классическай музыканы улахан экраҥҥа эрдэ уһуллубутун эбэтэр быһа эпиирдэринэн көрүөхтэрин сөп», — диэтэ миниистир Федерация Сэбиэтин наукаҕа, үөрэххэ уонна култуураҕа кэмитиэтин мунньаҕар.

Бүгүн, кулун тутар 3 күнүгэр, салайааччы Федерация Сэбиэтин «бырабыыталыстыба чааһыгар» дакылаат оҥорор.

This post was published on 03.03.2021 11:01 11:01