2024 — 2025 үөрэх дьылыгар «Здравоохранение и медицинские науки» хайысханан үөрэххэ ылыы хонтуруоллуур сыппаратын 10% улаатыннараллар, 1 037 миэстэ буолар. Ааспыт сылга регион бюджетыттан быраастарга уонна орто медицинскай персоналга 942 миэстэ көрүллүбүтэ. Ол туһунан ЯСИА доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр эттилэр.
2018 — 2023 сылларга федеральнайдааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бюджеттартан специалитет бырагырааматынан 1296 устудьуону кытта, ординатураҕа – 456, орто идэлэргэ – 1134 дуогабар түһэрсилиннэ.
This post was published on 19.01.2024 17:01 17:01