2024 сылга эдэр табаһыттары өйөөһүҥҥэ 28 мөл солк көрүлүннэ

Хаартыска: Хотугу кыым хаһыат телеграм-ханаала

Эдэр табаһыттары өйүүр судаарыстыбаннай бырагыраама 2020 сылтан үлэлиир. Саха сиригэр төрүт дьарыгы сайыннарар сыаллаах ыытыллар.

Бу өйөбүл түөрт сылтан кырата суох таба иитиитинэн дьарыктанар 35-гэр диэри саастаах табаһыттарга көрүллэр, суумата 1 мөл солк. Төлөбүр биирдэ эрэ бэриллэр, дьиэ туттарыгар эбэтэр атыылаһарыгар.

Маннык өйөбүлүнэн уопсайа 53 табаһыт туһаммыт, суруйда @hotugukyym.

This post was published on 26.01.2024 09:33 09:33