2024 сылга диэри 60-ча көс дьиэни табаһыттарга анаан тутуохтара

Саха сирин салалтата 2024 сылга диэри олохтоох табаһыттарга анаан 60-ча көс дьиэни тутуоҕа. Бу туһунан ТАСС-ка тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.


«Туундара устунан көһө сылдьан уонна тайҕаҕа үлэлиир табаһыттарга анаан дьиэлэр тутуллуохтара. Иэнэ 12 кв.м., түөрт киһи олороругар аналлаах», — пресс-сулууспаҕа кэпсээтилэр. Кинилэр чуолкайдаабыттарынан, бүтэһик икки сылга табаһыттарга анаан 30 дьиэ тутуллубут.

Аныгы, сэрэхтээх буолуу матырыйаалынан таҥыллан оҥоһуллар, сүрүн соруга — тымныыттан уонна тыалтан хаххалыыр. Электроуота автономнай. Дьиэни таҥыыга 20-чэ мүнүүтэ барар.

2019 сылга таба хаһаайыстыбаларыгар барыта 162 тыһ төбө баар. 1,3 тыһ киһи үлэлиир.

This post was published on 12.10.2020 10:01 10:01