Үөрэх тэрилтэлэригэр учууталларга хамнаһы индексациялыырга, бастатан туран, акылааттарын уонна ыстаапкалары үрдэтиллиэхтээх. Салалта педагогтарга эбии төлөбүрдэри, ол иһигэр оҥорор үлэтин түмүгүнэн эмиэ, оҥоруон сөп.
Медицина үлэһиттэригэр эбии төлөбүр наставниктыылларыгар, оттон айар үлэһиттэргэ искусство айымньыларын оҥорууга кыттыбатах да күннэригэр эбии харчы төлөнүөн сөп.
Маннык нуорма хамнаһы ааҕыыга саҥардыллыбыт Биир кэлим рекомендацияҕа суруллар.
Докумуон рекомендациялыыр эрэ тутуллаах да буоллар, дойду үрдүнэн ону тутуһаллар, кэпсээтилэр «Парламентская газета» экспертэрэ.
Сиһилии: https://ysia.ru/kak-budut-nachislyat-zarplaty-byudzhetnikam-v-2024-godu/
This post was published on 19.01.2024 14:27 14:27