2024 сылга бэһис тыһыынчалаах оҕо төрөөтө

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр 2024 сылга бэһис тыһыынчалаах оҕо төрөөтө.

«Андрей диэн ааттаах оҕо Саха сиригэр бэһис тыһыынчанан регистрацияланна. Нерюнгри оройуонугар ГТАС отделыгар бэс ыйын 20 күнүгэр сурулунна», — диэн суруйда Саха сиринээҕи управление.

Ыам ыйыгар 956 оҕо күн сирин көрдө: 493 кыыс уонна 463 уол.

Ыам ыйыгар төрөөбүт уолаттары сүрүннээн Артём, Дархан, Лев, Тимур, Михаил, Арылхан, Эркин уонна Александр диэн ааттаатылар. Кыргыттары София, Виктория, Ева, Кира, Милана, Мия, Аделина, Алиса.

This post was published on 20.06.2024 14:36 14:36