2024 сыл ыам ыйынааҕы өрөбүллэри билсиҥ

Хаартыска: ЯСИА саайта

2024 сыл ыам ыйынааҕы өрөбүллэр муус устарга саҕаланаллар. Үгэс быһыытынан ыам ыйыгар икки күн өрөбүлүнэн бэлиэтэнэр. Ыам ыйын 1 күнэ — Саас уонна үлэ бырааһынньыга, ыам ыйын 9 күнэ — Кыайыы күнэ.

Өрөбүллэр:

Муус устар 28, 29, 30 уонна ыам ыйын 1 күннэрэ. Үлэҕэ ыам ыйын 2 күнүгэр тахсабыт. Муус устар 27 күнэ — толору үлэ күнэ.

Ыам ыйын 9, 10, 11 уонна 12 күннэрэ — өрөбүллэр. Үлэбитигэр ыам ыйын 13 күнүгэр тиийэбит. Ыам ыйын 8 күнэ — бырааһынньык иннинээҕи күн буоларынан, кылгас үлэ күнэ биллэриллэр.

This post was published on 19.04.2024 14:01 14:01