2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха сиригэр МРОТ 48 тыһыынча солкуобайтан тахса буолуоҕа

2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха сиригэр киин оройуоннарга МРОТ 48 105 солк., хоту улуустарга 53 878 солк. тэҥнэһиэҕэ. Ол туһунан чэппиэргэ, алтынньы 5 күнүгэр, Саха сирин профсоюзтарын Федерациятыгар иһитиннэрдилэр.

«2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйаҕа үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ 18,5% диэри улаатан– 19 242 солк. тэҥнэһиэҕэ. Онон сибээстээн кэлэр сыл тохсунньутуттан МРОТ Саха сирин киин оройуоннарыгар 48 105 солк. уонна өрөспүүбүлүкэ хотугу оройуоннарыгар 53 878 солк. тиийиэҕэ», — диэн Федерация бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев кэпсээтэ.

This post was published on 05.10.2023 15:05 15:05