РФ доруобуйа харыстабыла 2023 сылга «больничнай» толоруллуутугар саҥа бэрээдэги бигэргэттэ.
Саҥа быраабыланан быстах кэмҥэ үлэлээбэккэ олорууга төлөбүр кээмэйэ улаатар, оҕону көрөн олорууга уонна гражданскай-правовой характерынан (ГПХ) дуогабардаах үлэһиттэргэ «больничнай» биэрииитин бэрээдэгэ уларыйда. Ол туһунан СИА Госуслуги порталга сигэнэн суруйда.
Билигин ыарыыны бигэргэтэр докумуон электроннай көрүҥүнэн толоруллар. Оператор – Россия Социальнай пуондата.
Эрдэ үлэни биэрээччи үлэһиттэргэ булгуччулаах страховкаҕа усунуос төлүүрэ. Үлэһиттэр үлэ дуогабарынан «больничнай», хат буолуу, оҕолонуу төлөбүрүн ылаллара. Оттон ГПХ дуогабардаахтар ыарыынан уонна хат буолуунан туох да төлөммөтө.
Билигин киирбит уларыйыылары сиһилии манна аах https://ysia.ru/s-2023-goda-rabotniki-po-dogovoram-gph-budut-poluchat-bolnichnye-i-dekretnye/
This post was published on 17.01.2023 11:33 11:33