2023 сылга Саха сиригэр 180 тыһ гектар ойууру чөлүгэр түһэриэхтэрэ

Фото: Мария Васильева, ЯСИА

Саха сиригэр баһаар түмүгэр эмсэҕэлээбит ойууру чөлүгэр түһэрии үлэтэ салҕанан барар. 2022 сыллаахха 150 тыһ гектар оҥоһуллубута, быйыл — 180 тыһ га. Ол туһунан экология министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Быйылгы 180 тыһ гектар иһигэр, ойууртан бэйэтиттэн тилиннэрэн таһаарыыга 174,50 тыһ га иэннээх сир хабыллар. Бу сыалга 14 мөл солк федеральнай бюджеттан көрүлүннэ. Ойууру туһанааччылар үптэринэн 700 гектардаах сиргэ үлэ барара былааннанар. Маны сэргэ арендатордар 5,50 тыһ га оҥоруохтаахтар.

«Экология» нацбырайыак «Сохранение лесов» регионнааҕы бырайыак чэрчитинэн 35 мөл солк федеральнай бюджеттан субвенция көрүллэн, ойуур баһаарын бохсор сэттэ техника ылыллар.

This post was published on 13.04.2023 14:02 14:02