Саха сиригэр 15 тэрилтэ «Производительность труда» национальнай бырайыак кыттыылаахтарынан буолаллар, үлэ саҕаланыаҕыттан. 400 кэриҥэ исписэлиис үлэ оҥорон таһаарыытын үрдэтиигэ үөрэх ааста.
2023 сылга нацбырайыакка эбии сэттэ тэрилтэни киллэриэхтэрэ, суруйар СИА. Экономика министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, Үлэ сылыгар үөрэҕи эбии 75 киһи ааһыаҕа.
Маны сэргэ, «Бережливое производство» хайысханан биэс бырайыак үлэлиэҕэ, кыттааччыларга регионнааҕы өйөбүл миэрэ ылыллыаҕа.
«Производительность труда» бырайыагынан үөрэҕи барыта тэрилтэлэртэн 369 киһи ааста, маны сэргэ министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр 36 бэрэстэбиитэллэрэ. Сылын аайы тэрилтэлэр ардыларыгар «Лучшие практики наставничества Якутии» куонкурус ыытыллар.
This post was published on 12.01.2023 10:01 10:01