«Сыл аайы биһиги министиэристибэбитинэн муниципальнай тэриллиилэр уонна нэһилиэктэр ортолоругар массыына суолларын тутууга, саҥардыыга уонна хапытаанай өрөмүөннээһиҥҥэ субсидиялары ылыыга куонкурус ыытыллар. Былырыын Ньурба оройуона маннык бырагырааманан киирбит үбүнэн 15,8 км кэриҥэ массыына суолун нуормаҕа эппиэттиир гына оҥорбута. Быйыл улуус эмиэ сайаапка биэрбитэ, куонкурска сөптөөх критерийдэри ааһара хаалла», — диэн Анатолий Потапов бэлиэтээтэ.
Бастакы миниистири солбуйааччы этэринэн, Ньурба оройуона куонкуруһу ситиһиилээхтик ааһар түгэнигэр, 2023 сылга Быһыттаах-Маалыкай икки арыдаларынааҕы 8,31 км уһуннаах муниципальнай суолу оҥорон саҕалыавхтара, маны таһынан дьоҕус учаастактарга эмиэ өрөмүөн үлэтэ барыаҕа.
Итиэннэ кэлэр сылларга 19 км кэриҥэ Быһыттаах-Чукар суолун нормативнай- турукка киллэрии былааннанар.
«Бу суол тутуутугар субсидия көрүллэр туругар үлэни үс сылга араарыахтара. Онон өрөмүөн 2026 сылга диэри түмүктэниэҕэ», — диэн Анатолий Потапов чопчулаата.
2022 сылга Саха сиринээҕи суол пуондатыгар, суоллары саҥардыыга уонна хапытаанай өрөмүөҥҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 950 мөл. солк. тахса үп көрүллүбүтэ.
This post was published on 28.02.2023 11:02 11:02