2023 сылга декретнэй төлөбүр муҥутуур суумата үрдүөҕэ диэн, СИА кэпсиир.
Декретнэй төлөбүр диэн, үлэлии сылдьыбыт дьахтар декретнэй уоппускаҕа бардаҕына ылар харчыта.
Маныаха, дьахтар хайдах төрүүрүттэн декретнэй төлөбүр суумата тус туһунан буолар:
— Өскөтүн дьахтар этэҥҥэ оҕолонноҕуна, муҥутуур төлөбүр 383 178, 68 солк. буолар.
— Өскөтүн дьахтар ыараханнык оҕолонноҕуна, (холобур, кесарев көмөтүнэн) 426 970, 44 солк. тэҥнэһэр.
— Өскөтүн дьахтар бииртэн элбэх оҕолонноҕуна, холобур игирэ, төлөбүр 530 976, 06 солк. тэҥэнэһэр.
Декретнай төлөбүрдэри үлэлиир дьахталлар уонна устудьуоннар эрэ ылаллар. Устудьуоннарга үөрэх тэрилтэтэ төлүүр. Хомойуох иһин, үлэлээбэт дьахталларга маннык төлөбүр көрүллүбэт. Тоҕо диэтэххэ, хамнас суумата страховой усунуостан оҥоһуллар, онон декретнэй төлөбүр хамнаһын сууматыттан тутулуктаах, — диэн Саха сирин Үлэҕэ министиэристибэтин пресс-сэкирэтээрэ Александра Варламова бэлиэтээтэ.
Мин билигин үһүспүн оҕолоноору сылдьабын. Иккис оҕобор үлэлиир буоламмын, декретнэй төлөбүр ыла сылдьыбытым. Билигин хаһыс да сылбын оҕлорбун көрөн, үлэлээбэккэ олоробун, онон миэхэ декретнэй төлөбүр көрүллүбэт. Ол эрээри, оҕолоннохпуна социальнай төлөбүрдэр баалларын билэбин, — диэн эдэр ийэ Сахаайа кэпсиир.
Декретнэй босуобуйаны ыларга, дьахтар үлэтигэр баар бухгалтерияҕа үс докумуону биэриэхтээх – босуобуйа ыларга сайабылыанньа, уоппускаҕа барарга сайабылыанньа уонна больничнай лиис.
Босуобуйа ыларга туох докумуон наадатын туһунан сиһилии Госуслуги саайтыгар баар:
- Уоппускаҕа барар туһунан сайабылыанньаҕа больничнай лииһин нүөмэрин уонна даататын ыйыахтааххын, ону тэҥэ уоппускан хаһан бүтэрин ыйыах тустааххын.
Босуобуйа ыларга сайабылыанньаҕар хайаан даҕаны ааккын, араспаанньаҕын, аҕан аатын, пааспарын дааннайдарын, олорор сирин туһунан сибидиэнньэлэри, ону тэҥэ баан счетун ыйыахха наада. - Сайабылыанньалары иккиэнэрин дириэктэр аатыгар аатыгар көҥүл формаҕа оҥоруохха сөп. Хас биирдиитигэр толоруллубут күнүн ыйыахтааххын уонна илии баттыахтааххын.
Бальничнай лиис-булгуччулаах докумуон, онно олоҕуран босуобуйа төлөнөр. Балыыһа маны электроннай формаҕа биэрдэҕинэ, үлэн бухгалтериятыгар нүөмэрин этэҕин.
Докумуоннары барытын биэрдэххитинэ, үлэҕитигэр бирикээс таһааран баран билиһиннэрэн илии баттатыахтара.
This post was published on 12.01.2023 15:02 15:02