2023 сыл тохсунньу - сэтинньи ыйдарыгар тимир суолунан 7,8 мөл туонна таһаҕас тиэйилиннэ

Хаартыска: ЯСИА

Саха сиригэр тимир суолунан ааһан эрэр сыл уон биир ыйыгар 7,8 мөл туонна тиэйилиннэ. Бу былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, 7,7% кыра.

Уһук Илиҥҥи тимир суол тэрилтэтэ иһитиннэрбитинэн, сыл саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр тиэйилиннэ: чох – 7,2 мөл туонна; тимир уонна марганец рудалара – 263 тыһ. тыһ туонна; өҥнөөх уонна сиэрэй сырье рудалара – 77 тыһ туонна; ньиэп уонна ньиэп бородууктата – 76 тыһ туонна; метиз – 55 тыһ туонна; цемент – 31 тыһ туонна; хара тимир лома – 13,2 тыһ туонна.

Сэтинньи ыйга 720 тыһ туонна.

This post was published on 12.12.2023 12:33 12:33