2022 сылтан табахсыттарга эбии хааччахтар киириэхтэрэ

2022 сылга табаҕы тардааччыларга анаан саҥа хааччахтар киириэхтэрэ, баһаартан куттал суох буоларын курдук. Бу туһунан «Прайм» агенствоҕа юрист Павел Корытов кэпсээтэ, диэн Арассыыйа хаһыата иһитиннэрэр.

Билигин хамсаабат баайы-дуолу бас билээччилэр уонна тэрилтэ салайааччылара табахтыыр миэстэҕэ баһаартан сэрэхтээх буолуу туһунан анал бэлиэ иилиэхтээхтэр.
«Ыстараап 2 000- тэн 3 000 солк, оттон баһаар тахсар түбэлтэтигэр — 5 000 солк. диэри», — диэн юрист чуолкайдаата.
Маны таһынан, эһиилгиттэн никотиннаах бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылар «чиэһинэй бэлиэ» маркировкатын бары электроннай докумуон эргиирин операторын эрэ нөҥүө систиэмэҕэ биэриэхтээхтэр. Бу иннинэ кыттааччылар ону бэйэлэрэ оҥорор кыахтаахтар этэ, диэн Корытов быһаарда.

This post was published on 27.12.2021 11:03 11:03