Госдуумаҕа ыам ыйын 19 күнүгэр тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах өссө биир сокуон барыла көрүллүүгэ сытарын официальнай СМИ суруйда. РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ онно анаан нуорма-быраап акталарын бэлэмнээтэ. Өскөтүн бу докумуоннар сөптөөҕүнэн ааҕылыннахтарына, 2022 сылтан тыа хаһаайыстыбатын табаарын, бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар агротуризмы сайыннарыыларыгар грант ылыахтара.
Билигин Уһук Илиҥҥи уокурукка, ол иһигэр Саха сиригэр туризмы сайыннарыыга араас таһымнаах тосхоллор үлэлэрин саҕалаатылар. Саха сирин саамай кэскиллээх регионунан сыаналыыллар, “аҥардас тымныыгыт бренд буоллаҕа” дииллэр. Манна айылҕабыт кэрэтин эбэн кэбиһиҥ.
Чахчы Саха сирэ турист хараҕынан – мааны, интэриэһинэй, дьиктитэ элбэх, таайыллыбатах таабырына бука баһаам, уратылаах дойду.
Булуҥ улууһугар теплоходунан араас омук кэлэн Лаптевтар муораларын кытылынан хааман (аҕыйах чаас, саамай уһаабыта – 4 чаас), сүргэлиин көтөҕүллэн, санаалыын чэпчээн бараллар. Өлүөнэ эбэ устун айаннаан истэххэ балыксыттар учаастактара элбэх. Аҥардас Чекуровка, Үүттээх Хайа мааны айылҕаларыгар агротуризмы сайыннарар кыах баар. Көннөрү муора кытылынан эрэ аҕыйах чаас хаама түһэр баҕаттан биэс хонугу быһа уунан айанныыр дьон, сынньанар-балыктыыр баазалар тэриллэллэрэ эбитэ буоллар, сыбыытаан олоруохтар этэ дии саныыбын.
Биһиги олохтоох дьон экологиябытын харыстаан, агротуризмынан дьарыктаннахпытына – чахчы ис да, тас да экономика сайдыытыгар балысхан суолтаны оҥоруо этибит.