Туймаада ыһыаҕа, коронавирус пандемиятын кэнниттэн, Үс Хатыҥҥа үгэскэ кубулуйбут киэбинэн бэс ыйын 25-26 күннэригэр ыытыллыаҕа. Бырааһынньык сарсыарда эрдэттэн арчыланыы, ыраастаныы сиэриттэн-туомуттан саҕаланыаҕа.
Туймаада ыһыаҕын өрөгөйдөөх арыллыыта 11:30 чааска кымыһы иһии киинигэр буолуоҕа. Киэҥ ыҥырыылаах тэрээһиҥҥэ 1,5 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыаҕа.
Тэрийээччилэр барыта 100-тэн тахса культурнай, спортивнай күрэхтэһиилэри, куонкурустары былааннаатылар. Ол иһигэр «Дыгын оонньуулара», кэнсиэртэр, ат сүүрдүүтэ уо.д.а.
Бырагырааманы манна киирэн «Афишу ЯСИА» билсиҥ.
This post was published on 15.06.2022 09:01 09:01