2022 сыллааҕы Олоҥхо ыһыаҕа Үөһээ Бүлүүгэ буолуоҕа. Тэрээһин чэрчитинэн, кэлии ыалдьыттары кытары ЮНЕСКО шедеврдэрин норуоттар икки ардыларынааҕы IV бэстибээлин ыытыахтара. Улууска бу тэрээһиҥҥэ былааннаммыт эбийиэктэри тута сылдьаллар, диэн СИА кэпсиир.
«Төрдүн билэр киһи бэйэтин омугун кытта быстыспат сибээстээх буолар, мантан ордук киһиэхэ күндү туох баар буолуой. Маннык билии киһиэхэ инникигэ эрэли үөскэтэр, кыахтыыр уонна сомоҕолуур», — диэн Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Ил Түмэн депутаттарыгар анаммыт этиитигэр иһитиннэрдэ.
Буолар тэрээһиҥҥэ регламенынан көрүллүбүт эбийиэктэри тута сылдьаллар: күн көрсөр миэстэ, кымыһы иһэр киин, «Аал Луук мас», 2200 миэстэлээх трибуналаах киин түһүлгэ.
Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Семен Михалев иһитиннэрбитинэн, эбийиэктэрр 40 %- нара бэлэм. Ыһыах ыытыллар сиригэр массыына суолун туппуттар. Куонкурустар уонна бэстибээллэр балаһыанньалара, концепциялара оҥоһуллаллар.
This post was published on 23.12.2021 15:03 15:03