2022 сыллаа5ы БКЭ-ни ыытарга бары регионнарга тиийэр кумааҕы, картидж, кэнсэлээрийэ туттар тэрил, антисептиктар, ону тэҥэ сууйар-сотор тэрил баар. Ону Роспотребнадзор бүтэһик нэдиэлэ устата ыыппыт мониториҥын түмүгэ туоһулуур.
«БКЭ ыытарга наадалаах матырыйааллар уонна оборудованиелар баар буолалларын хонтуруоллуубут. Билигин баар дааннайдарынан бары регионнарга кумааҕы, картидж уонна да атын матырыйаал олоччу тиийэр, эбэтэр кыра тиийбэтин атыылаһаары сылдьаллар. БКЭ-ни тэрийэргэ толору хааччыллыы баар, онон эксээмэннэр былааннаммыь график быһыытынан буолуохтара», — диэтэ Роспотребнадзор салайааччыта Анзор Музаев.
2022 сыллааҕы БКЭ сүрүн чааһа ыам ыйын 26 күнүттэн от ыйын 2 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Билигин болдьох иннинээҕи эксээмэн түмүктэнэн эрэр. Эксээмэн ыытыллыахтаах кэмигэр буола турар, кумааҕы уонна да атын ороскуоттаах матырыйаал барыта тиийэр.
This post was published on 12.04.2022 10:03 10:03