Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтинэн федеральнайдааҕы хааһынаттан 39,6 мөл солк Саха сирин табаһыттарыгар көрдүлэр. Бу харчынан ким хайдах туһаныан сөбүн билээри, СИА Саха сирин Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Хотугу эргимтэҕэ үгэс буолбут дьарыктар отделын салайааччыта Иннокентий Балановтан туоһуласта.
Иннокентий Баланов бэлиэтээбитинэн, дойду бүддьүөтүттэн 39 мөлүйүөн солкуобай Саха сирин хотугу эргимтэтин сайдыытыгар тыырылларын өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна бырабыыталыстыба туруорсан ситистэ. Бу харчыны Уһук Илин регион уонна Арктика министиэристибэлэрин аҕыйах ахсааннаах омуктар төрүт дьарыктарын өйүүр бырагыраама чэрчитинэн көрдүлэр.
“Арассыыйа үрдүнэн бу хайысха сайдарыгар 500 мөлүйүөн солкуобайы анаатылар. Дьиҥэ бу наһаа улахана суох харчы. Билиҥҥи сыананан дэриэбинэҕэ биир таас оскуола тутуллар үбэ. Ол эрээри, бу улахан ситиһии, табаһыттары өйүүллэрэ үөрдэр” — диэн Иннокентий Михайлович үллэстэр.
Анаммыт 39 мөлүйүөнү туһаныан баҕалаахтар сайаапка бириэхтээхтэр.
Көмө харчы бэриллэр бэрээдэгэ оҥоһуллар. Бу ый устата ирдэбилин суруйан, олунньуга дьон-сэргэ истиитигэр таһаарыахтара, сайаапка хомуйан саҕалыахтара. Билигин биллэринэн харчынан чааһынай ИП-лар, КФХ, родовой общиналаах да дьон бары туһаныахтарын сөп.
“СӨ бырабыыталыстыбата Уһук Илин регион министиэристибэтин кытары сөбүлэҥ түһэристэ. Онон билигин көмө харчы бэриллэр бэрээдэгин сааһылыахтара уонна хараал тутуутугар, көһөрүллэ сылдьар дьиэ, күнтэн ииттэр батарея, беспилотник атыылаһыытыгар бэриллиэҕэ”, — диэн тустаах салайааччы чопчулаата.
Беспилотниктары, квадракоптердары туһаныы Ямалга туттуллубута 3 сыл буолла. Сүрүннээн таба көрдөөһүнүгэр, кыыл табаны эрдэ көрүүгэ анаан туһаналлар. Олохтоох табаһыттар бу саҥа сүүрээни туһаныахтара этэ диэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ былаанныырын биллэрдэ.
Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга 2022 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннай бырагырааманан 12 млрд 496 мөл солк көрүллүбүтэ. Бу ааспыт сыллары кытта тэҥнээтэххэ быдан элбэх.
“Таба иитиитэ аҕыйах ахсааннаах омуктар үгэс буолбут дьарыктара. Былыр-былыргыттан бу кинилэр экономикаларын уонна култуураларын тутулуга буолар. Ол иһин Саха Сиригэр уонна Арассыыйа да таһымыгар бу тыа хаһаайыстыбатын биир бөдөҥ салаата” , — диэн Иннокентий Баланов бэлиэтээтэ.
Кини иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр 160 тыһыынча таба иитиллэн турар. Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааматынан 2024 сылга диэри таба иитиитин өйөөһүнүгэр 800 мөл. солк. көрүллэн турар.
“Бу үп-харчы табаһыт хамнаһыгар, таҥаһыгар-сабыгар, тутта сылдьар тэрилигэр, дьиэ-уот, күрүө-хаһаа тутуутугар, тиэхиникэ атыылаһыытыгар, таба атыылаһыытыгар, атыыр атастаһыытын айанын ороскуотун уйунуутугар көрүллэр”, — диэн быһаарда.
Бэрээдэк таҕыстаҕына, тута биллэриэхпит. СИА суруйууларын кэтээн көрүҥ.
Хаартыска: Ульяна Баланова, Булуҥ улууһа.
This post was published on 21.01.2022 13:01 13:01