Саха сирин улуустара үүтү оҥорууга өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 2 млрд 943 мөл солк субвенция ыллылар. Бу былааннаммыт сууматтан 95%, 2022 сыллааҕы былаан 3 млрд 100 мөл солк.
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччыта Петр Попов социальнай ситимнэринэн кыстыкка бэлэм туһунан кэпсээтэ, суруйар СИА.
«2022 сылга үүккэ былаан 62 тыһ туонна, субвенция 3 млрд 100 мөл солк. Бу 4759 туоннанан уонна 237 млн солкуобайынан элбэх, былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ. Алтынньы 6 күнүнээҕи туругунан, муниципалитеттарга 2 млрд 943 мөл солк тиксэрилиннэ. Бу уопсай сууматтан 95%», — диэтэ кини.
Петр Попов бэлиэтээбитинэн, Ил Дархан сорудаҕынан дьонтон ыаммытынан ынах үүтүн атыылаһыыга 58 мөл солк көрүллэр. «Бу субсидия соҕотуопкалыыр тэрилтэлэр дьонтон үүт атыылаһалларыгар бэриллэр. Субсидия 1 кг үүккэ 10 солк, ити эрээри атыылаһыы кырата 20 солк тэҥ», – диэтэ эппиэттээх салайааччы.
This post was published on 07.10.2022 11:32 11:32