2022 сылга судаарыстыбаннай өҥөлөр электроннай киэпкэ көһөллөр

Инновация миниистирэ Анатолий Семенов социальнай ситимнэргэ эппитинэн, 2022 сылга бары судаарыстыбаннай өҥөлөр электроннай киэпкэ көһүөхтэрэ.


Миниистир Анатолий Семенов эппитинэн, 2020 сылга биэдэмистибэ өҥөлөрү электроннай киэпкэ көһөрүүгэ үлэлээтэ. 

«Билигин идентификация уонна аутентификация биир кэлим систиэмэтигэр 892 тыһыынча киһи регистрациялаах, ити өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун 92 %. Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар сайабылыанньа киириитэ 2,5 раза төгүл улаатта. 2022 сылга бары өҥөлөр электроннай киэпкэ көһүөхтэрэ», — диэтэ салайааччы.

Дьон ордук туттар өҥөтө: оҕо босуобуйата, дьыссаакка уочарат, устудьуоннарга социальнай көмөҕө ыспыраапка ылыыта, элбэх оҕолоох ыалларга сир ылыыта, субсидиялар.

2020 сылга «Облачная поликлиника» телемэдиссиинэ бырайыага үлэлээбитэ. Онон туһанан быраастар 23 тыһ кэриҥэ консультация оҥордулар. COVID-2019 дьаҥы тарҕаппат сыалтан «ситуационнай киин» арыллан, каарта көрдөрүллэр. «Цифровой пропуск» систиэмэ спортивнай эбийиэктэргэ киириигэ туһалаата. 

This post was published on 17.02.2021 14:01 14:01