2022 сылга Саха сиригэр "Татарстаан күннэрэ" дьаһал ыытыллыан сөп

Саха сирин былааһа өрөспүүбүлүкэҕэ «Татарстаан күннэрин» ыытыллыытын 2022 сылга былаанныыллар. Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүгэр аныыллар. Ол туһунан ТАСС-ка Ил Дархан Айсен Николаев Казаньҥа сылдьар кэмигэр эттэ.


«Ыйытыыны Рустам Нургалиевичка биэриэххэ наада (Миннахановка, Татарстаан президенэ), кини эрэннэрбитинэн, күннэр (Татарстаан күннэрэ) 2022 сылга Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар буолуохтара», — диэтэ Айсен Николаев, ыйытыыга хоруйдууругар.

Татарстааҥҥа бэс ыйын 7 — 11 күннэригэр «Саха сирин күннэрэ «буола тураллар. Дьаһал Татарстаан АССР 100 сыллаах үбүлүөйүгэр ананар.

Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр Татарстаан оҥоһуга араас эйгэҕэ туттуллар — хайаны байытар бырамыысыланнастан саҕалаан, уу уонна салгын тырааныспарыгар тиийэ. «Эйгэ киэҥ, бөртөлүөттэн саҕалаан, ньиэп бородууктатыгар тиийэ», — диэтэ кини.

This post was published on 10.06.2021 15:01 15:01