Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар кээпэрэтииптэр уонна дьоҕус хаһаайыстыбалар сайдыыларыгар 2022 сылга федеральнайдааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бюджеттартан 346,6 мөл солк көрүллэр.
Көрүллүбүт үбүлээһини «Дьиэ кэргэн фермата», «Агростартап» граннарга уонна потребкооперативтар материальнай-техническай баазаларын бөҕөргөтүүгэ ыытыллар.
2022 сылга тыа сиригэр бу дьаһаллар АПК эйгэтигэр 430-тан тахса саҥа дьоҕус уонна орто предпринимательствонан дьарыктанааччыны хабыахтаахтар.
2022 сылга өссө биир саҥа көрүҥ киирэр — «Агротуризм». Бу сыалга өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 3,4 мөл солк көрүллэр.
This post was published on 17.03.2022 18:33 18:33