2022 сылга саха сүөһүтүн ахсаана эбилиннэ

«Саха сүөһүтэ» тэрилтэҕэ 2022 сылга саха боруода сүөһүтүн ахсаана 204 төбөнөн эбилиннэ, ол иһигэр ынаҕа — 47.

Хаһаайыстыба тоҕус отделениетыгар барыта 1171 сүөһү баар, ол иһигэр 345 ынах.

Быйыл тэрилтэ төбөтүн ахсаанын 1345, ол иһигэр ынаҕын 442 тириэрдэр былааннаах.

Былаан быһыытынан, быйыл Аммаҕа 100 төбө киирэр хотонун тутуохтаах уонна Горнайга 180 төбө киирэр этнокомплексы.

«Саха сүөһүтэ» тэрилтэ 2020 сыллаахха тэриллибитэ.

This post was published on 25.01.2023 12:28 12:28